Тест: “Саха тыла – саха тыына, дьылҕата”


Список вопросов


1. Күн аайы туттар тылбыт хайдах таба сурулларый?

1) бэһэҕээ
2) бэҕэһээ
3) бээһээ
4) бэҕэһэ

2. “Сказочный якутский язык отличается какой-то особой нарядностью, яркостью, щеголеватостью, полный приставок и завитушек”, – диэн ханнык политсыылынай эппитэй?

1) Худяков Иван Александрович
2) Серошевскай Вацлав Леопольдович
3) Пекарскай Эдуард Карлович

3. Нууччалыыттан киирбит тыл хайдах сурулларый?

1) куонкурус
2) куонкурс
3) конкрус
4) конкурус

4. Саха классик суруйааччыта Николай Денисович Неустроев олоҕун уонна айар үлэтин чинчийбит, киэҥ эйгэҕэ тарҕаппыт учуонай:

1) Попов Гаврил Васильевич
2) Васильев Юрий Иванович - Дьаргыстай
3) Ефимова Людмила Степановна

5. Ыҥырыыга туттар тылларбыт суруллуулара?

1) кэлиҥ, сылдьыҥ, ыалдьыттааҥ
2) кэлин, сылдьын, ыалдьыттаан

6. Хайата таба суруллубутуй?

1) үөрбүтчэ
2) үөрбүччэ

7. Улахан буукубалар хайдах суруллалларый?

1) аҕа Дойду Улуу сэриитэ
2) Аҕа дойду Улуу сэриитэ
3) Аҕа дойду улуу сэриитэ
4) Аҕа дойду улуу Сэриитэ

8. Бу этиигэ сурук бэлиэтэ ханна сөпкө турбутуй?

1) Ыл нохоо уотта аҕал.
2) Ыл нохоо, уотта аҕал!
3) Ыл, нохоо, уотта аҕал!

9. Дэпиис кып кыһыл, кубус кураанах, ылы чып диэн даҕааһын ааттарга турар дуо?

1) турбат
2) турар

10. 1935 с. Тыл уонна культура научнай-чинчийэр институтун (билиҥҥинэн Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун) ким төрүттээбитэй?

1) Потапов Серафим Георгиевич
2) Ойуунускай Платон Алексеевич
3) Донской Семен Николаевич I

11. “Киһибит аһылыга бүтэн эрдэҕэ, илдьэн биэриэх буоллум”,- диэтэ аҕам, итии чэйин сыпсырыйа иһэ олорон. Бу этиигэ сурук бэлиэлэрэ сөпкө тураллар дуо?

1) сыыһа
2) сөп

12. Дьоннор кини эппитин сөбүлүүрдүү бары күөдьүйэ түстүлэр. Манна хас сиргэ соппутуой турарый?

1) 3
2) 2
3) 1

13. Ханнык народнай поэт хоһооной: Ийээ, миэхэ бэлэхтээбитиҥ Ийэ тылым барахсаны – Сир биир улуу дьиктитин, Сир бараммат бастыҥ баайын.

1) Семен Данилов
2) Иван Гоголев
3) Савва Тарасов

14. Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” романыгар “курдук” диэн тэҥнэбил тылы үгүстүк туттар: “… курдук үллүбүт баай балаҕанын таһыгар Лэглээрдэр балаҕаннара бугул курдук чөкчөллөн турар”. Тэҥнэбили таай:

1) Хайа
2) Кэбиһиилээх от
3) Хаардаах булгунньах

15. Өргөс диэн тыл синонимын бул

1) саа
2) батас
3) быһах

16. Өс хоһоонун ситэрэн биэр: Киһи тыла - охтооҕор .....

1) сытыы
2) сыппах
3) сымнаҕас

17. “Саха тыла муора курдук баай”, – диэбитэ Э.К. Пекарскай аатырбыт “Саха тылдьытын” оҥороругар көмөлөспүт, улахан үтүөлээх киһи. Кини кимий?

1) Ионов Всеволод Михайлович
2) Новгородов Семен Андреевич
3) Попов Димитриан Дмитриевич

18. Чиргэл диэн тыл антонимын эт:

1) тэтиэнэх
2) чэбдик
3) эмэх